Сайыны көрсүү

  Аам-даам тымныылаах аҕыс ыйы ааһаммыт, томороон тостор дьыбардаах тоҕус ыйы туорааммыт, үүнэр күөххэ үктэнэр үөрүүлээх кэммит тиийэн кэлбитинэн-Ньукуолун күнүнэн уонна Өрөспүүбүлүкэбит үрдүнэн бигэргэммит Сайылык күнүнэн итии-истиҥ эҕэрдэ! Саха дьонугар былыр-былыргыттан Ньукуолун күнэ олус ытыктанар, улахан суолталаах, күүтүүлээх бырааһынньык буолар. Кыһыны этэҥҥэ туораан күөххэ үктэнии үөрүүтэ-өрөгөйө буолар. Бу күн айылҕаҕа тахсан салама баайыытын сиэрин-туомун билиһиннэрдибит, көрдөөх күрэхтэр, квест оонньуу бэрт сэргэхтик буолан ааста.


Карта сайта
На сайте используются файлы cookie. Продолжая использование сайта, вы соглашаетесь на обработку своих
персональных данных. Подробности в - ПОЛИТИКЕ КОНФИДЕНЦИАЛЬНОСТИ