Ленинград блокадатын босхолооһун күнэ

Үөдэй нэһилиэгэр эдэр ыччаттар көҕүлээһиннэринэн оскуола оҕолоругар анаан "Ленинград блокадатын" туһунан аһаҕас уруок буолла. Үөдэйтэн төрүттээх биир дойдулаахпыт Аҕа дойду сэриитин, Ленинград көмүскэлин кыттыылааҕа Семенов Никита Петрович, сэриигэ сылдьыбытын туһунан бэйэтэ суруйан хаалларбыт ахтыыта, тус олоҕун , дьиэ кэргэнин туһунан хаартыскалара быыстапкаҕа тыыннаах туоһу буолан туруорулунна.

   I истиэпэннээх "Орден Отечественной войны", "За Победу над Германией", "За оборону Ленинграда", "За доблестный труд в Великой Отечественной войне" онтон да атын бойобуой наҕараадаларын кэлэр кэнчээри ыччакка билиһиннэрдибит.

    Ол кэннэ бүтүн Арассыыйа үрдүнэн ыытылла турар "Блокадный хлеб" аахсыйаҕа кыттыһан, нэһилиэнньэҕэ 125 грамнаах блокада кэминээҕи нуорма хара килиэби кэлбит дьоҥҥо түҥэттибит. 


Карта сайта
На сайте используются файлы cookie. Продолжая использование сайта, вы соглашаетесь на обработку своих
персональных данных. Подробности в - ПОЛИТИКЕ КОНФИДЕНЦИАЛЬНОСТИ