Сылгыһыт күнэ

Сылгы уонна сылгыһыт, саха норуотун дьылҕатыгар уһулуччу суолтатын бэлиэтээн 2016 сыллаахха анал ыйааҕынан кулун тутар 21 күнүн Сылгыһыт күнүнэн биллэриллибит. Онтон ыла сыл-аайы сылгыһыттарга анаан өрөспүүбүлүкэ таһымнаах тэрээһиннэр ыытыллаллар.

Биһиги Үөдэйбит нэһилиэгэр былыр-былыргаттан сылгыһыт идэлээх дьон элбэх. Марха совхоз сылгытын улахан аҥарын манна Үөдэй нэһилиэгин сылгыһыттара, муҥутаан 700 сылгыны Дириҥ атаҕынан. Төрүккэ Дьэбэрэ үрдүнэн сылгы базатыгар көрөн-иитэн турбуттар.

Бүгүн Үөдэй нэһилиэгин "Айылгы" норуот айымньытын дьиэтигэр "Сылгыһыт идэтин баһылаан" төгүрүк остуол ыытылынна уонна Үөдэй сылгыһыттарын туһунан видео көрдүлэр. Төгүрүк остуолга Марха совхоһун саҕана өр сылларга үлэлээбит сылгыһыттар Прокопий Григорьев уонна Федор Егоров кыттыыны ыллылар.


Карта сайта
На сайте используются файлы cookie. Продолжая использование сайта, вы соглашаетесь на обработку своих
персональных данных. Подробности в - ПОЛИТИКЕ КОНФИДЕНЦИАЛЬНОСТИ