Сомоҕолоһуу күнүгэр аналлаах "Кухни народов России" анал байыаннай дьайыы кыттыылаахтарыгар аналлаах аһымал дьаарбаҥка

       Сэтинньи 4 күнүгэр "Айылгы" норуот айымньытын дьиэтигэр Сомоҕолоһуу күнүгэр аналлаах "Кухни народов России" аһымал дьаарбаҥката буолан ааста. Дьаарбаҥкаҕа нэһилиэк дьоно араас омук таҥаһын таҥнан, бүлүүдэтин астаан кэллилэр уонна таҥныбыт омуктарын тылынан эҕэрдэлээтилэр.

       Бары бииргэ түмсэн, биир санаанан салайтаран, дойдубут сайдарын туһугар үүнэн сайдан иһиэҕиҥ, ырааҕы ыраҥалыы көрөн, ыра санааҕыт ыллыктаах буоллун, ыраас, эйэлээх халлаан аргыстастын, ил, эйэ эрэ эҥэрдэстин.


Карта сайта
На сайте используются файлы cookie. Продолжая использование сайта, вы соглашаетесь на обработку своих
персональных данных. Подробности в - ПОЛИТИКЕ КОНФИДЕНЦИАЛЬНОСТИ