http://www.culture.ru/
Оройуоннааҕы ийэҕэ аналлаах альбом-эстафета тэрээһинэ
Сэтинньи ый 1 күнүгэр, Ньурба улууһун нэһилиэктэрин икки ардыларыгар Ийэ күнүн чэрчитинэн "Бу сиргэ төрөппүт, бу күнү көрдөрбүт биһиэхэ ийэбит-күн тэҥэ киһибит..." эстафета альбомун ыаллыы сытар Хаҥалас нэһилиэгиттэн туттубут. Бу альбом сыала-Ньурба улууһун нэһилиэктэрин уулуссаларыгар, тэрилтэлэригэр ааттара иҥэриллибит, төрөөбүт дойдуларын аатын ааттаппыт, улуус дьоно киэн туттар дьахталларын, ийэлэрин сырдатыы, үйэтитии буолар.
Сэтинньи ый 3 күнүгэр, Үөдэй нэһилиэгэр эстафета альбомун Хорула нэһилиэгэр туттарыы тэрээһинэ буолан ааста.
Альбом-эстафета туттарыытын тэрээһинин үөрүүлээх чааһыгар Үөдэй нэһилиэгин баһылыгын солбуйааччыта Федоров Дмитрий Вячеславович Хорула нэһилиэгин исписэлииһигэр Румянцева Наталья Александровнаҕа эстафета альбомун туттарда. Бу күн нэһилиэкпит талба талааннаах ийэлэр оҥоһуктарын быыстапката турда. Минньигэс астаах, итии чэйдээх остуол тула олорон ыалдьыттарбытын кытта ирэ-хоро кэпсэттибит, санаа атастастыбыт. Ол кэннэ "Ытык Өбүгэлэр" аһаҕас халлаан анныгар түмэлгэ сырытыннардыбыт.